Кэпсээ

Дьахтар тыллар тапталтан

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьахтар тыллар тапталтан

Э
ЭС Категорията суох
25.07.2026 21:00
Дьахтар тыллар тапталтан

🎵 Дьахтар тыллар тапталтан


Лариса олоҕо биирдэ ыһыллан хаалла. Биирдэ диир, баҕар, сыыһа буолуо. Кини кэргэнин Коляны кытта олохторо кэнники кэмҥэ үүт тураан буолбатах этэ. Бииргэ олорбуттара уонтан тахса сыл буолла. Урут кинитэ суох тыына да тиийбэт курдук буоллаҕына, кэлин биир дьиэҕэ олорор дьукаахтыыларга кубулуйдулар. Тус туһунан хоско утуйар буолбуттарын дьахтар өйдөөмүнэ да хаалбыта. Кини, улахан тэрилтэ салайааччыта, үлэтигэр сылайар буолан, уутун ханан туруон наада. Лариса провизор идэлээх. Чааһынай аптекаҕа үлэлии сылдьан баран, бэйэтэ урбаан тэринэр бигэ санааҕа кэлбитэ. Куорат кытыытыгар элбэх кыбартыыралардаах дьиэ маҥнайгы этээһигэр биир хостооҕу атыылаһан, маҥнайгы аптекатын аспыта. Чугаһынан атын аптека суох буолан, атыыта тута барбыта. Онтон эр ылан, куоракка биир-биир аптекалары арыйталаабыта. Сотору куоракка биллэр бөдөҥ урбаанньыт буолбута. Элбэх киһини үлэнэн хааччыйар эппиэтинэстээх үлэтигэр умса түһэн, тус олоҕун даҕаны умнубута. Кини санаатыгар Колята наар аттыгар баар буолуох курдуга. Кэргэнэ урбаантан ыраах киһи. Кини анал үөрэх тэрилтэтигэр учууталлыыр буолан арыый сололоох. Онон дьиэ үлэтэ, ас астааһына эр киһи эбээһинэһэ этэ. Омос көрдөххө барыта этэҥҥэ курдуга. Лариса сотору кыаҕыран, куорат таһыгар үс этээстээх улахан таас дьиэ туттарбыта. Олохторун таһыма кыахтаах дьон сиэринэн буолбута. Санаа хоту үчүгэй массыына, мал-сал, дьиэ-уот, ас-таҥас. Ол эрээри, саамай тутаахтара тиийбэтэ. Оҕо кута бу ыалга иҥпэтэҕэ. Лариса эдэр сылдьан, быраастарга көрдөрөн, эмтэнэн көрбүтэ даҕаны, оҕо үөскээбэтэҕэ. Баҕар ол иһин даҕаны буолуо, кини туох баар күүһүн-уоҕун барытын урбааныгар уурар. Олох тэҥниир дииллэрэ кырдьык курдук. Дьылҕа Хаан оҕону биэрбэт, ол оннугар кини туппута, оҥорбута табыллар, үбэ-харчыта, баайа- дуола үллэ турар. «Бу баай-талым, мааны олоҕу оҕо туһугар толкуйдаабакка биэриэм этэ. Туох аньыым-харам иһин таҥара накаастаан эрэрэ буолла… Коля даҕаны оҕоҕо ымсыыран биэрээхтиир. Кини тоҕо миигин, оҕоломмот дьахтары манаан олоруохтааҕый? Атын дьахтары буллаҕына тутуом суоҕа…» — диэн төбөтүгэр элбэхтик эргитэ саныыр санаата тиһэҕэр тиийэн туолбута. Коля икки ыалынан сылдьыбытын Лариса, наар үлэтигэр буолан, билбэккэ хаалбыта. Анараа дьахтара оҕоломмутугар, Коля быһаарыммыта. — Лариса, мин эйигин эрэ таптыыбын. Эдэр сааспытыттан харахпытынан хайҕаһан ыал буолбуппут умнуллубат. Ол гынан баран… анараа оҕолоннум ээ… Уолланным. Мин аҕам аатынан Баһылай диэтибит, — Коля биир сааскы киэһэ билиммитэ. Таһырдьа — олох ыһыаҕа. Сандааран күн да күн. Чыычаахтар сааһы уруйдаан чырып-чап ырыа түһэрэн, киһи эрэ кутун үөрүүнэн угуттууллар. Лариса сааһы кытта тыллааччы. Сотору — төрөөбүт күнэ. Төрөөбүт күнүн Италияҕа ылар былааннаах икки путевканы сакаастаабыта. Оттон Колята бу тугу-тугу саҥарар? — Тугу да өйдөөбөтүм… Эн миигин быраҕан баран эрэҕин дуо? Билигин барымарыый. Мин олох бэлэмэ суохпун… Хайдах чороҥ соҕотох хаалыахпыный? Эн биһикки ыалбыт буолбат дуо? — Лаара, сүрэхпин хайытыма, баһаалыста. Миэхэ олус ыарахан… — Эн кинини таптыыгын? — Ким билэр…
Эн биһикки кэлин наһаа тэйсэн хааллыбыт. Эн наар үлэҕинэн олороҕун. Миэхэ олох наадыйбат курдуккун. Оттон мин туспа саныыр санаалаах киһибин эбээт! Наар эн тугу этэргинэн олорон кэллим. Түксү! Эр киһибин дуу, суох дуу? Миигин эрэйдээбэккэ ыыт. Мин бу дьиэттэн тугу даҕаны ылбакка тахсан барыам. — Ол кини кимий? Туох идэлээҕий? Миигиттэн эдэр дуо? — Лариса, ол суолтата суох! Биһиги оҕолоохпут! Ол суолталаах! — ити тыллартан дьахтар ходьох гына түспүтэ. Бэйэтин туох эрэ итэҕэстээх курдук сананара күүһүрбүтэ. — Сөп, сөп. Оҕолооххут, оҕолооххут… Оҕо туһугар мин арахсарга сөбүлэһэбин, — уларыйан хаалбыт куолаһын бэйэтэ атыҥырыы истибитэ. «Олоҕум үтүөтэ бүттэҕэ. Соҕотохсуйууну таҥара накааһа дииллэрэ кырдьык эбит. Киэһэ үлэм кэннэ чуҥкуйбут дьиэбэр кэлиэхпин даҕаны баҕарбаппын. Дьүөгэлэрим бары ыаллар, бары туспа олохтоохтор. Бэл диэтэр, баҕардым даҕаны эдьиийдэрбин көрсүбэппин. Бары туспа былааннаах, олохтоох дьон. Маннык кырдьар муҥум буоллаҕа дуу? Урут Колябынаан киэһэ аайы ону-маны сэһэргэһэ-сэһэргэһэ чэйдиирбит. Үтүө да кэмнэр эбит! Коля, Коля…» — Лариса кэргэнин ахтар, суохтуур. Киэһэ аайы наар мунчаарар, туоххаһыйар. Куортамҥа биэрэн туруорбут кыбартыыратын кэргэнигэр анаабыта. Хайдах туга да суох ыытан кэбиһиэй? Баҕар, ол иһин даҕаны буолуо, кинилэр доҕордуу сыһыаннаах арахсыбыттара. Колята төрөөбүт күнүнэн, Дьахтар күнүнэн уонна Саҥа дьылынан төлөпүөннээн эҕэрдэлиир. Кинилэр сотору иккистээн оҕоломмуттарын истэн, Лариса Коля оҕолоругар мал-сал арааһын бэлэхтээбитэ…   Айталина Никифорова,«Көрүнньүк олох көлдьүнэ» («Айар», 2020 с.) кинигэттэн быһа тардыы
edersaas.ru сайтан